1950
Сыллар |
---|
1946 1947 1948 1949 — 1950 — 1951 1952 1953 1954 |
Уоннуу сыллар |
1920-с 1930-с 1940-с — 1950-с — 1960-с 1970-с 1980-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1950 сыл.
Туох буолбута
уларыт- Дьокуускайга Сэллик наука чинчийэр институт салаата аһыллар.
Тохсунньу
уларыт- Тохсунньу 10 — ССРС геология миниистирин бирикээһинэн Саха сиригэр алмаас көрдүүр сыаллаах Амакы эспэдииссийэтэ тэриллибитэ. Эспэдииссийэ маҥнай Иркутскайга кииннэммитэ, 1953 сыллаахха Ньурбаҕа көспүтэ. Билигин Амакы эспэдииссийэтин сүрүн баартыйалара Айхалга уонна Удачнайга бааллар.
- Тохсунньу 17 — ХНТ Куттал суох буолуутун Сүбэтэ сэрии сэбин хонтуруоллуур туһунан 79-с резолюцияны ылыммыт.
Олунньу
уларыт- Олунньу 9 — АХШ сэнээтэрэ Джозеф Маккарти Госдэпэртээмэни хомуньуустар толорбуттар диэн буруйдаабыт.
Кулун тутар
уларыт- Кулун тутар 8 — ССРС атомнай буомбалааҕын туһунан биллэрбит.
- Кулун тутар 17 — Берклигэ Калифорния университетын учуонайдара 98-с элэмиэни синтезтээбиттэр, «калифорний» диэн ааты иҥэрбиттэр.
- Кулун тутар 30 — саҥа айыллыбыт фототранзисторы Нью-Джерсигэ көрдөрбүттэр.
Муус устар
уларыт- Муус устар 6 — ССРС Миниистирдэрин сэбиэтин кистэлэҥ уурааҕынан көскө ыытыллыбыттар болдьоҕо суох барбыттарынан ааҕыллар буолбуттар.
Ыам ыйа
уларыт- Ыам ыйын 9 — Роберт Шуман сэрии кэнниттэн Франция уонна Германия салгыы хайдах ыаллыы олороллорун туһунан барылы көрдөрбүт. Бу Шуман декларацията диэн ааттаммыт докумуоҥҥа кэлин Арҕаа Европа атын дойдулара кыттыспыттара. Европа Сойууһун бастакы докумуонун быһыытынан ааҕыллар.
- Ыам ыйын 22 — Кытай бырабыыталыстыбата Тибиэккэ хомуньуустуу былаас олохтонор түгэнигэр автономия биэриэх буолбут.
- Ыам ыйын 30 — ВКП(б) Киин кэмитиэтэ кыра холкуостары бөдөҥсүтэр туһунан уураах таһаарбыт.
Бэс ыйа
уларыт- Бэс ыйын 7 — Башарин Г. П. дуоктар диссэртээссийэтин көмүскээбит. Бу үлэтигэр тыа сахаларын XVIII үйэ 60-с сылларыттан XIX үйэ ортотугар диэри олохторун-дьаһахтарын ырытан, сүөһү иитээччилэргэ сир суолтатын арыйбыта. Географиялыы пессимизм уонна географиялыы оптимизм диэн тиэрминнэри туһаммыта, оптимизм баар буолан Саха тыйыс айылҕатыгар бурдук ыһыыта саҕаламмытын ыйбыта. Ол эрээри, бэлиитикэ дьайыытынан бу көмүскээһини аахсыбатахтара, онон 1956 сыллаахха диссэртээссийэтин хос көмүскээбитэ.
- Бэс ыйын 21 — Биир гектартан 29 центнер сэлиэһинэйи ылбытын иһин Өлүөхүмэ оройуонун Энгельс аатынан колхоз биригэдьиирэ Барамыгин Николай Константинович Социалистическай Үлэ Геройын аатын ылла.
Алтынньы
уларыт- Алтынньы — Дьокуускайга 2 №-дээх орто оскуола таас дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирдэ.
- Алтынньы 19 — Баһыйар ахсааннаах Кытай аармыйата Тибиэт аармыйатын Чамдо кыргыһыытыгар кыайбыт. Сотору кэминэн Тибиэт Кытай састаабыгар киирбитэ.
- Алтынньы 19 — Кэриэйэ сэриитэ: Пхеньян иһин кыргыһыы ХНТ сэриилэрин кыайыытынан түмүктэммит. Хас да чааһынан Кытай аармыйата Кэриэйэ кыраныыссатын туораабыт.
Сэтинньи
уларыт- Сэтинньи 17 — Лхамо Дондруб 14-c Далай Лааманан, о.э. Тибет буддистарын өйдөрүн-санааларын сирдьитинэн, биллэриллибит. Кини 1989 сыллаахха Нобель эйэ бириэмийэтин ылбыттаах.
- Сэтинньи 25 — Кэриэйэ сэриитин кэмигэр ХНТ сэриилэрэ хомуньуустары быһаарыылаахтык кыайан Кытай кыраныыссатыгар тахсыбыттарын кэннэ Кытай аармыйата улахан кимэн киириини саҕалаабыт. ХНТ ыараханнык кыайтаран дойду хотугу аҥаарын сүтэрбит.
Ахсынньы
уларыт- Ахсынньы 2 — Кэриэйэ сэриитэ: Чонгчон өрүскэ кыргыһыыга Кытай сэриилэрэ ХНТ сэриитин үлтүрүтэн, Хотугу Кэриэйэттэн үүрбүттэр.
- Ахсынньы 9 — Тымныы сэрии: АХШ атомнай буомбатын оҥорбут Манхэттэн бырайыагын кистэлэҥнэрин Сэбиэскэй Сойууска арыйарга көмөлөспүт Гарри Голд 30 сыллаах түрмэ хаайыытыгар ууруллубут.
- Ахсынньы 11 — Дьокуускайга маҥнайгы бензоколонка аһыллар.
- Ахсынньы 17 — Дьокуускайга сэллиги чинчийэр билим институтун филиала аһыллыбыт. Бу тэрилтэ аһылларыгар уһулуччулаах саха салайааччыта, сэлликтэн чугас дьонун эрдэ сүтэрбит Ылдьаа Винокуров улахан өҥөлөөх.
Төрөөбүттэр
уларыт- Тохсунньу 1 — Поликарпова Евдокия Михайловна — саха литэрэтиирэтин үөрэтиигэ бөдөҥ мэтэдиис учуонай.
- Тохсунньу 7 — Юрий Лазарев — РФ үтүөлээх учуутала, норуот үөрэҕин туйгуна.
- Тохсунньу 14 — Михаил Дьячковскай - Көлбө — бэйиэт, про��аик.
- Тохсунньу 19 — Федор Шишигин — СӨ үтүөлээх архитектора, РФ бочуоттаах архитектора.
- Олунньу 14 — Петр Захаров — Медиссиинэ Киинин кардиохирургияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2004), мэдиссиинэ билимин дуоктара.
- Кулун тутар 19 — Сметанин Тимофей Тимофеевич — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа, драма уонна киинэ артыыһа.
- Кулун тутар 21 — Ефремов Николай Николаевич - филология билимин доктора,
- Кулун тутар 30 — Неймохов Егор Петрович (30.03.1950—25.06.2011) — саха народнай суруйааччыта.
- Муус устар 3 — Колесова-Расторгуева Марфа Петровна — ырыаһыт, Российскай Федерация үтүөлээх артыыһа
- Муус устар 15 — Борисова Степанида Ильинична — театр уонна киинэ артыыһа, ырыаһыт, Российскай Федерация норуодунай артыыһа.
- Муус устар 20 — Ултургашев Анатолий Павлович — балет артыыһа.
- Муус устар 22 — Магатырова Мария Николаевна — саха живописеһа
- Ыам ыйын 12 — 10 сыл Красноярскай кыраай Эбэҥки уокуругар олорон сахаларга учууталлаабыт учуонай Владимир Егоров Ньурба оройуонун Кукаакы нэһилиэгэр төрөөбүт.
- Ыам ыйын 17 — Виктор Потапов — Саха сирин үөрэхтээһинигэр бөдөҥ кылааты киллэрбит Арассыыйа Бэдэрээссийэтин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, дьоҕурдаах оҕолору көрдүүр уонна сайыннарар Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Дьоҕур» уопсастыбатын тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, Өрөспүүбүлэтээҕи лиссиэй учуутала.
- Бэс ыйын 26 — Степан Николаевич Сивцев-Доллу — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа.
- От ыйын 4 — Степанова Наталья Ивановна — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа.
- Алтынньы 31 — Заха Хадид, Ираак уонна Британия архитектора уонна акадьыамыга.
- Сэтинньи 6 — Васильев Василий Егорович — Харысхал — драматург, прозаик.
- Сэтинньи 10 — Степанов Ефим Николаевич — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа, театр уонна киинэ артыыһа, туруорааччы режиссер.
- Сэтинньи 12 — Изабелла Николаева — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа.
- Томпо оройуонугар Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр Егор Петрович Неймохов — саха народнай суруйааччыта.
Өлбүттэр
уларыт- Бурнашев, Николай Петрович — Боодоҕос (1846—1950), олоҥхоһут.
- Слепцов Семён Николаевич (1890-1950) XX үйэ саҕаланыытыгар саха уопсастыбаннай диэйэтэлэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа.
- Субурусскай Николай Дмитриевич (1896—1950), сэбиэт диэйэтэлэ, гражданскай сэрии кыттыылааҕа.
- Кулун тутар 8 — Бахрушин С. В., үс томнаах "История Якутии" сүрүн редактора.
- Атырдьах ыйа — Байкалов Карл Карлович (дьиҥнээх араспаанньата Некундэ) (1886—1950) — сэбиэттэр сэрии тойонноро. Гражданскай сэрии кыттыылааҕа.
- Сэтинньи 2 — Джордж Бернард Шоу, Ирландия суруйааччыта, драматург уонна кириитик, Нобель бириэмиэйтин лауреата (1856 төр.).
- Сэтинньи 12 — Ольхон А. С., саха литературатын нууччалыы тылбаастааччы.
- Ахсынньы 3 — Павел Бажов (1879 төр.), өрөбүлүссүйэниэр уонна суруйааччы, Ураал остуоруйаларын (нууч. уральские сказы) суруйбут киһи.
- Ахсынньы 14 — Тарабукин Николай Саввич (1910—14.12.1950) — эбээн литературатын төрүттээччитэ, суруйааччы